Иһинээҕитигэр көс

Дягилев Андрей Алексеевич (1939 с.т.)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Бэчээттииргэ аналлаах барыл өйөммөт уонна сыһалаах буолуон сөп. Браузер закладкаларын саҥарт уонна туспа этиллибэтэх браузер бэчээттиир функциятын тутун.

Дягилев Андрей Алексеевич — Саха Республикатын Үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

1939 с. Чиллэ Хоротугар төрөөбүтэ. 1960 с. Далыр орто оскуолатын бүтэрэн Бүлүүтээҕи педагогическай училищены, СГУ БГФ-н үөрэнэн бүтэрбитэ. Орто Халымаҕа Сылгы Ыытар, Сыбаатай, Үөһээ Бүлүүгэ Оҥхой, Хоро оскуолаларыгар уопсайа 48 сыл учууталлаабыта. Учууталлар династияларын салҕааччы, Саха Республикатын Үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ, Хоро нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.

Нэһилиэк олоҕор актыыбынайдык кыттар: агитатор, пропагандист, түөлбэ начальнига, лектор, докладчик буоларын таһынан 40-ча сыл быыбар хамыыһыйатын чилиэнэ, бэрэссэдээтэлэ. Эдэр сааһыттан хоһоон суруйуунан дьарыктанар, улуус, республика хаһыаттарыгар бэчээттэммитэ, сэргэх хоһоонноро ырыа буолтара.