Иһинээҕитигэр көс

Андромеда (сулустар бөлөхтөрө)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Андромеда

Андромеда (латыынныы Andromeda) — хотугу халлаан сулустарын бөлөхтөрө. Андромедаҕа 2 сулус улаханнаах үс сулус баар уонна спираль халыыптаах галактика, бу галактика X үйэттэн биллэр.

Бөлөх сүрүн объектарынан буолаллар спираль халыыптаах Андромеда Былыта диэн халыыптаах галактика (М31) уонна кини аргыстара — кыракый галактикалар М32 уонна NGC 205. Ыйа суох түүн үчүгэйдик көстөр.

Интириэһиргэтэр объекттар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Уларыйа сылдьар сулус (R And), сулус улахана уларыйара 9.
  • сулустар мунньустубут сирдэрэ NGC 752.
  • планеталар былыт курдук көстөр бөлөхтөрө NGC 7662.
  • спираль халыыптаах галактика NGC 891.
  • Андромеда υ-та, планеталардаах сулус. Билигин үс планеталааҕа биллэр
  • WASP-1 − экзопланеталаах сулус.

Киһи аймах былыргыттан билэр бөлөҕө. Клавдий Птолемей «Альмагест» диэн каталогар баар. Былыргы гириэктэр номохторунан Андромеда Эфиопия ыраахтааҕыта Кефей (Цефей) уонна кини кэргэнэ Кассиопея кыыһа. Аҕата байҕал үөнүгэр сиэртибэлэммитэ, ол гынан баран Персей кинини быыһыыр. Өлөн баран сулустар бөлөхтөрө буолбут