Николай I
Никола́й I Па́влович (бэс ыйын 25 от ыйын 6 1796 — олунньу 18 кулун тутар 2 1855) — 1825 ахсынньы 14 (26) күнүттэн — Арассыыйа ыраахтааҕыта, Польша ыраахтааҕыта, Финляндия улуу кинээһэ. Император Павел I уонна Мария Фёдоровна үһүс уоллара, император Александр I бииргэ төрөөбүтэ, император Александр II аҕата.
Николай I бөрөстүөлгэ олоруутун кытта декабристар өрө туруулара ситимнээх. Аҕалара өлбүтүгэр убайа Константин оҕото суох буолан бөрүстүөлгэ олорортон батыммыта, бу элбэх булкууру таһаарбыта, сурах-садьык тарҕаммыта. Өрө турааччылар маны туһанан байыаннайдар бирисээгэ биэриэхтээх күннэригэр өрө турууну анаабыттара.
Николай I 30 сыл ыраахтааҕылаабыта. Сорох устуоруктар кинини деспот диэн характеристикалыыллар эрээри, 30 сыл тухары суутунан биэс эрэ киһи өлөрүллүбүтэ — декабристар сүрүн бас-көс дьоно. Кини саҕана Сперанскай дьыала-куолу реформата оҥоһуллубута, Пушкины көстөн төннөрбүттэрэ, Петербург уонна Москуба ыккардыгар тимир суол тутуллубута, Польшаҕа өрө туруу хам баттаммыта, Венгрияҕа өрө турууну хам баттыырга Арассыыйа кыттыбыта, маны таһынан Арассыыйа Персияны, Туурсуйаны кытта сэриилэспитэ, түөрт дойдуну кытта Кырыым сэриитин (1853—1856) саҕалаабыта.