Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ыстатыйаны саҕалыырга көмөлөһөр Сирдьит баар. Сигэтин аллара маннык кинигэ ойуутун таһыгар булуоҥ .
Сахалыы буукубалар браузергар тахсыбат буоллахтарына маны баттаа
Бикипиэдьийэ — бу элбэх омук тылынан суруллар аһаҕас энциклопедия Манна ким баҕалаах талбыт ыстатыйатын уларытар эбэтэр саҥа ыстатыйаны суруйар кыахтаах.
Билигин Бикипиэдьийэҕэ 17214 сахалыы, уонна атын 330 омук тылынан өссө 63 мөлүйүөнтэн тахса ыстатыйа баар.
Саргы-дьаалы Сахам тыла,
Айхал-алгыс Сахам тыла,
Уруй олук Сахам тыла,
Кун бэлэҕэ Сахам тыла,
Эйигин мин ыҥырыаҕым,
«Ийээ!» диэммин хаһыытыаҕым.
Тоҕойдору туораан ис,
Арҕастары ааһан ис,
Саргы дьайаан Сахам тыла,
Сарыал санаа — Сахам тыла!
Саха народнай суруйааччыта
Бүөтүр Тобуруокап
Бырайыак кылгас устуоруйата маннык — бастаан 2006 сыл бүтэһигэр: бу тугуй, тоҕо атын омуктарга баарый, биһиэхэ суоҕуй, — диэн ыйытыылар кэнниттэн: арай?, тоҕо сатаныа суоҕай? — диэн саарабыл кэнниттэн: ээ, чэ холонон көрүөххэ, — диэнтэн тахсыбыт суол.
Кыттар дьон араас идэлээх, араас дойдуга олорор, саастарынан эмиэ тэҥэ суох дьон.
Биһиги санаабытыгар дьон элбэхтик кытыннаҕына, бэрт эбит диэн биһирээтэҕинэ, сүрдээх, кэскиллээх буолар туруктаах бырайыак. Күн-түүн көннөрү дьон көмөтүнэн ис хоһооно да тупса, ыстатыйатын ахсаана да элбии турар.
Ахсынньы 4 күнэ
Арассыыйа Арассыыйа — Арассыыйа информатикатын күнэ. 1948 сыллааха бу күн ССРС миниистирдэрин сэбиэтин аныгы техниканы киллэрэр Государственнай кэмитиэтэ электроннай ааҕар массыынаны айыы туhунан № 10 475 кумааҕыны И. С. Брукка уонна Б. И. Рамеевка биэрбит.
АХШ АХШ — Национальнай бэчиэнньэ күнэ
Ииндийэ Ииндийэ — Байыаннай флот күнэ
Таиланд Таиланд — Тай тулалыыр эйгэтин күнэ.
Түбэлтэлэр
771 — Франк хоруоллугун соҕотох баһылыгынан Улуу Карл буолбут. Кини кэмигэр франктар Арҕаа Европаны үксүн бас бэриннэрбиттэрэ.
1918 — Саха уобалаһын кооперативнай уопсастыбаларын I сийиэһэ саҕаламмыт, ахсынньы 10 күнүгэр түмүктэммит. "Холбос" уобаластааҕы кооперативтар сойуустарын устааба ылыллыбыт, бырабылыанньа бэрэстээтэлинэн Кузьма Гаврилов талыллыбыт. Сийиэскэ "Саха уобалаһыгар потребительскай уопсастыбалар тустарынан" диэн Кузьма Гаврилов дакылаатын истибиттэр.
1927 — Горнай улууһун Мытааҕар , Бор алааһыгар конфедералистар холбоһуктаах мунньахтарыгар «Саҥа сахалар национальнай сэбиэскэй социалистыы орто уонна дьадаҥы бааһынайдар баартыйалара» («Младо-якутская национальная советская социалистическая партия середняцко-бедняцкого крестьянства») тэриллибит.
1954 — АХШ -ка Майами куоратыгар бастакы Burger King диэн фаст-фуд ресторана аһыллыбыт.
1982 — Кытай Дьон Өрөспүүбүлүкэтэ төрдүс билигин үлэлиир конституциятын ылыммыт.
Төрөөбүттэр
1883 — Михаил Тимофеев-Терешкин — саха бастакы үрдүк үөрэхтээхтэриттэн биирдэстэрэ, бэйиэт, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ (1944), экэнэмиис, этнограф.
1937 — Эдуард Алексеев — этномузыковед, искусствоведение дуоктара, СӨ Духуобунаһын Академиятын академига (1996).
1940 — Егор Ларионов — политик, Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин XII ыҥырыытын дьокутаата, Ил Түмэн I, II ыҥырыыларын дьокутаата, 1993—1998 сылларга Ил Түмэн бэрэстэбиитэллэрин Палаататын бэрэстээтэлэ, 1996—2001 сылларга РФ Федеральнай Мунньаҕар Федерация Сүбэтин чилиэнэ. Сунтаар улууһун уонна Нам улууһун ытык киһитэ.
1956 — Руслан Федотов — урбаанньыт, Ил Түмэн VI ыҥырыытын дьокутаата, Амма улууһун (2011 с.) уонна Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык киһитэ. Амма улууһун Амма , Чакыр , Маай , Болугур , Амма-Наахара уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун I-кы уонна II-с Наахара нэһилиэктэрин Ытык киһитэ.
1963 — Сергей Бубка — Украина ураҕаһынан ыстанааччыта. Бубка алта сыл устата Аан дойду чемпионаттарын кыайбыта, Олимпиадаҕа кыһыл көмүс мэтээли ылбыта уонна ураҕаһынан ыстаныыга 35 аан дойду рекордун олохтообута.
Өлбүттэр
Телеграм-ханаалбытыгар суруттаххына биһиги да үөрүөхпүт, бэйэҥ да астыныаҥ ;)
Соторутааҥы ыстатыйалар
Ааҕыҥ, көннөрүҥ
Бу күннэрдээҕи уларыйыылар — ким тугу суруйбутун көрүөххэ сөп.
Бу саҥа ыстатыйалар, онон өссө чочулла илик буолуохтарын сөп. Алҕастаах буоллахтарына харса суох көннөрүҥ.
Бүгүҥҥү ойуу
XII үйэ саҕаланыытын романскай апсида үрдүк алтарьдаах уонна XIV үйэ фрескалаах, Сибэтиэй Варвара мученичествотын көрдөрөр.
Үчүгэй (сэргэммит) ыстатыйа
Тыаһыт, 1926
Тыаһыт , Николай Николаевич Павлов — репрессияҕа түбэһэн өр сылларга умнууга хаалбыт сэбиэскэй кэмҥээҕи саха суруйааччыта.
1922 сыллаахха Саха уобалаһа Сэбиэскэй автономнай өрөспүүбүлүкэҕэ кубулуйуутугар куораттан төннөн иһэн эмиэ үрүҥнэргэ түбэһэн ытылла сыһар, хата аймаҕа этэрээккэ баар буолан быыһыыр. Онтон үрүҥнэртэн күрээн куоракка киирэн педтехникумҥа ылаллар. Техникум ячейкатын бюротун чилиэнинэн талыллар.
(өссө… )
Бастыҥ ыстатыйа
Яков Федорович Санников (1844—1908) — өбүгэлэрин үгэстэрин тутуһан нуучча уонна омук полярниктарыгар сүҥкэн улахан үтүөнү-өҥөнү оҥорбут саха атыыһыта. Кини суон сураҕа Муустаах байҕал кытыытынан эрэ буолбакка, бүтүн Россия үрдүнэн биллибит. Булуҥҥа былыр «халлааҥҥа таҥара, биһиэхэ Яков Санников» дииллэр эбит. 1886 сыллаахха доктор Бунге экспедициятыгар көмөлөспүт. 1894 сыллаахха барон Толль Ф.Нансеҥҥа депо тутарыгар көмөлөспүт. Ол өҥөлөрүн иһин икки кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт (онтон биирин Швеция ыраахтааҕыта Оскар биэрбит).
(өссө… )
Көмүөл күүһэ
Бүгүн бу ыстатыйалары тупсарабыт, тылбаастыыбыт:
Ыстатыйаны уларытыы киинэ курдук көстүүтэ: Көмө:1-кы уруок
Ыҥырыы
Хаһыаттарга, сурунаалларга, атын да сирдэргэ Бикипиэдьийэни ахтыбыт буоллахтарына биһиги үөрэбит. Тоҕото өйдөнөр — ол аата үлэбит си-дьүгээр хаалбатын, дьоҥҥо туһалааҕын бэлиэтэ. Ити бастакытынан. Иккиһинэн — төһөнөн элбэх киһи билэр да, оччонон элбэх киһи кыттар. Онон күннүккүтүгэр (блогкутугар) кэмиттэн кэмигэр ахтар буолуҥ, элбэх дьоҥҥо туһаайан суруйар дуу этэр дуу буоллаххытына эмиэ бикипиэдьийэни кыбытар буолуҥ. Манна оннук ахтыллыбыт түгэннэр испииһэктэрэ баар.
Уруулуу ситимнэр
Wikimedia Пуондата элбэх омук тылынан тахсар, көҥүл уларытыллар уонна туһаныллар хас да тус-туһунан бырайыактардаах: