Аан дойдутааҕы Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый хамсааһыннара
Тас көрүҥэ
Аан дойдутааҕы Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый хамсааһыннара - дьон олоҕун уонна чөлүн көмүскүүргэ, дьон дьоһунун хааччыйарга уонна киһи эрэйин-муҥун чэпчэтэргэ анаан тэриллибит омуктар ыккардыларынааҕы үтүөнү оҥорор 97 мөл. кэриҥэ киһилээх[1] хамсааһын.
Тэрилтэлэрэ:
- Кыһыл кириэс аан дойдутааҕы кэмитиэтэ (МККК).
- Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый аан дойдутааҕы федерациялара.
- Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл ый дойдуларынан уопсастыбалара.
Хамсааһын салайар тэриллиилэрэ:
- Аан дойдутааҕы кэмпириэнсиэйэ — 4 сылга биирдэ ыытыллар.
- Дэлэгээттэр Сүбэлэрэ — мунньах 2 сылга биирдэ ыҥырыллар.
- Куруук үлэлиир хамыыһыйа — Кэмпириэнсийэ боломуочуйалаах тэриллиитэ, кэмпириэнсийэлэр ыккардыларыгар үлэлиир.
Устуоруйата
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый Сойуустара ССРС-ка 1923 сыллаахха тэриллибитэ.