Иһинээҕитигэр көс

Игирэлэр (сулустар бөлөхтөрө)

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Игирэлэр

Игирэлэр (лат. Gemini) — Зодиак сулустарын бөлөҕө, Күн бу бөлөххө бэс ыйын 20 күнүгэр киирэр.

Арассыыйа территориятыттан ахсынньыга - тохсунньуга толору көстөр.

  • Игирэлэр α-та, эбэтэр Поллукс, 1,16 улаханнаах;
  • Игирэлэр β-та, эбэтэр Кастор, 1,59 улаханнаах. Поллукстан 4,5° визуал ыраах.

Былыргы бөлөх. Аан маҥнай Игирэлэр диэн Кастор уонна Поллукс сулустары ааттыыллара. Гириэктэр Диоскура игирэлэрэ Кастор уонна Полидевк дииллэр этэ. Клавдий Птолемей «Альмагест» каталогар киирбитэ.

Астрономия устуоруйатыгар 1781 сыллаахха Уильям Гершель бу бөлөххө Пропус (Игирэлэр h-та) сулус таһыгар Уран планетаны арыйбыта, онтон 1930 сыллаахха Клайд Томбо Васат (Игирэлэр δ-та) сулус аттыгар открыл Плутон кыракый планетаны арыйбыта.

Атын интириэһиргэтэр объектар

[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
  • Игирэлэр U-та, былыт.
  • М 35 сулустар мустуулара уонна Эскимос диэн планеталар мустуулара.