Моонньоҕон, сэппэрээк
Blackcurrant | ||||||||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
Билим классификацията | ||||||||||||||
|
||||||||||||||
Латыынныы аата | ||||||||||||||
Ribes nigrum |
Моонньоҕон (лат. Ribes nigrum) - сэппэрээк, харатыҥы кугас отонноох үүнээйи. Саха сиригэр "Хара кыталык" диэн киһи бэйэтэ үүннэрэн таһаарбыт көрүҥэ киэҥник биллэр. Европаҕа, Хотугу Америкаҕа уонна Азияҕа Сибииргэ тарҕаммыт көрүҥ.
Моонньоҕону күһүөрү, атырдьах ыйын иккис аҥарыттан саҕалаан, аhа сиппитин көрөн хомуйаллар. Отону сыыhыттан ыраастаан саамай бөдөҥнерүн уонна буспуттарын оhох үрдүгэр кылгас кэмҥэ хатараллар. Сотору-сотору сэрэнэн эргитэн биэрэллэр. Бүтүн, алдьамматах сэбирдэхтэрин күлүккэ, салгыннаах сиргэ куурдуллар. Отонугар араас элбэх витамин баара биллэр. Ученайдар этэллэринэн, киин улуустартан хоту диэки баран истэх аайы витаминын эгэлгэтэ элбээн иhэр диэн.
Моонньоҕон отонун витамин тиийбэтигэр, хаан аҕыйааhыныгар, аппетиты көбүтэргэ, ииктэтэргэ, сөтөлгө, тымныйан ыалдьыыга тутталлар. Отонун үксүн көөнньөрөн (үс улахан ньуоска отону ыстакаан ууга) ыстакаан аҥаардыытынан күҥҥэ үстэ иhэллэр. Онтон отон уутун куртах бааhын эмтэнэргэ туhаналлар. Сэбирдэҕэ эмиэ үгүс С уонна В витаминнардаах. Отону көөнньөрөн тиритиннэрэр, ииктэтэр наадаҕа, диатезка, ревматизмҥа, подаграҕа туттуллар. Боҕуруоскай окко холбоон чэбдигирдэр витаминнаах чэй оҥоруохха сөп. Сэбирдэҕин кытта үнүгэhин водкаҕа настойка оҥорон, 10-20 хааппыланы хойуу хаайтарыытыгар, солотуохаҕа, хаан аҕыйаатаҕына иhиллэр.
Бу ботаникаҕа сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
- Бикипиэдьийэ:Харамайдар тустарынан Биики ыскылаакка ойуута суох ыстатыйалар
- Бикипиэдьийэ:Харамайдар тустарынан ойуута суох ыстатыйалар
- Викивид бырайыакка сигэммэт ыстатыйалар
- Биологияҕа сыһыаннаах NCBI турбатах ыстатыйалара
- Таксобокс тупсарыллыахтаах
- Plantae алпаабытынан
- Ситэ илик ыстатыйалар ботаникаҕа сыһыаннаах
- Үүнээйилэр