Иһинээҕитигэр көс

Муус-джо

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Муус Джо (ааҥл. Moose Jaw) - Канаада соҕуруулуу-киинигэр баар Саскачеван провинциятын куората.

Муус-Джо эмиэ итинник ааттаах өрүс үрдүгэр турар. Куораты Транс-Канада шоссе быһа охсор. Саскачеван бу өттүгэр баар сүүһүнэн кыра куораттар уонна фермалар олохтоохторо сынньанар сирдэринэн уонна туристар сылдьар сирдэринэн биллэр.

Аан бастаан 1857 сыллаахха каартаҕа баар буолбут. Хайдах ааттаммытын туһунан икки сүрүн барыл баар. Бастакыта - moscâstani-sîpiy диэн манна урут олохтоох кри омук тылыгар "өрүс кытылыгар баар сылаас сир" суолталаах эбит. Иккиһэ - эмиэ ити тылга Moose Gaw диэн сылаас тыал диэн суолталаах. Өссө сорох дьон өрүс сүнньэ каартаҕа тайах (ааҥыллыы Moose) сыҥааҕын майгынныыр дииллэр эбит.