Иһинээҕитигэр көс

Субэдэй

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сүбэдэй

Сүбэдэй(Субеетай, Субеетай-Баатур, Субээтэй, Субэтай, Субэдай, Субэдай-бахадур, Субудай-Маадыр, Субудай, Супатай; 1176-1248 - монгуол биллиилээх полководеһа, Чингисхан(Тэмуджин) соратнига. 1175 с.Монголияҕа, Бурхан-Халдуҥҥа төрөөбүт - 1248 с.Монголияҕа Тувеҕа өлбүт. Урянхайдар пилиэмэлэрин тимир ууһа Чжарчиудай уола. Тэмуджиҥҥа, убайын Джэлмэни батыһан кэлбит. 13 үйэ бастакы аҥаарыгар монгуоллар туох баар улахан похуоттарыгар барытыгар кыттыбыт - Хотугу Кытайга(Цзинь импиэрийэтэ), меркиттэргэ, Хорезмшахтар судаарыстыбаларыгар. Капкааска уонна Илиҥҥи Европаҕа похуот кэмигэр, Джэбэни кытта бииргэ, Калкатааҕы кыргыһыыга монгуоллары салайбыт(1223). 1224 с. Джэбэ уонна Субэдэй монгуоллара илин диэки волжскай булгардары утары тиийбиттэр. Хотторон бараннар, монгуоллар илин диэки Казахстан истиэптэринэн барбыттар. 1236 с.Субудай салайар корпуһа, иккистээн, Волжскай Булгарияны сэриилээн кыайбыт уонна Монгуол импиэрийэтин састаабыгар киллэрбит. Бату арҕааҥҥы похуодугар(1236-1242), Субэдэй полководеһынан сылдьыбыт. Ол похуотка монгуоллар нуучча кинээстэрин сирдэрин сэриилээбиттэр уонна Адриатическай муораҕа тиийэ барбыттар. Субэдэй хорсун уонна күүстээх стратег уонна полководец буолан, монгуоллар баһылыктара импиэрийэлэрин кэҥэтэллэригэр эрэллээх киһилэрэ этэ. Кини чаҕылхай дьоҕура, Чингисхан сэрииһит ыттарыттан биирдэстэринэн буоларыгар тиэрпит. 1241 с.муус устарга Мохига венгрдары кытта кыргыһыыга чаҕылхай кыайыыны ситиспит. Монгуол аарымыйата Субэдэй салалтатынан Илин уонна Киин Европа улахан аҥаарын кураанахтаабыт. 1241 сыл бүтүүтүгэр, Субэдэй Рим Священнай Импиэрийэтин сэриилиир былааннаах этэ даҕаны, ол кэмҥэ, Үгэдэй хан өлбүтүнэн монгуоллар дойдуларыгар саҥа ханы талаары төннүбүттэр. Саҥа ханынан Үгэдэй уолун Гуюк талыллыбыт. 1246 с. Субэдэй кытай Цзинь династиятын утары похуоту салайбыт. Ол кэмҥэ кини 70 саастаах этэ. Ол похуот 1247 сылга диэри буолбут. Ол кэннэ Субэдэй төрөөбүт дойдутугар төннүбүт уонна 75 саастааҕар, 1248 с. өлбүт. Үс уоллаах:Тимур Бука, Кукуджу, Урянхатай(Урянкатай, Урянгутай). Кукуджу, аарымыйа уҥа кынатын тысячнига, аҕата өлбүтүн кэннэ, кини оннугар салайбыт. Урянхатай(1201-1272) толору биографията "Юань ши" кинигэҕэ баар. Маҥнай эдэр Мункэ манабылын тэрийээччинэн сылдьыбыт. Онтон, Гуюк ханы кытта Кытай Цзинь импиэрийэтин бас бэриннэрбиттэр (1233-1234). Субэдэйи уонна Бату ханы кытта Арҕааҥҥы похуотка сылдьыбыт. Кэлин, хан бөрөстүөлүгэр Мункэни өйөөбүт(1250-1251). Соҕуруу Кытайга уонна Соҕуруулуу-Илин Азияҕа ситиһиилээх похуоттарга сылдьыбыт. https://zen.yandex.ru/media/id/5c472307ab245300afff713f/subutai-zabytaia-mongolskaia-sila-kotoraia-razgromila-rus-i-pokorila-polovinu-evropy-5c472388a70d1c00aecda13d https://ru.m.wikipedia.org/wiki/%D0%A1%D1%83%D0%B1%D1%8D%D0%B4%D1%8D%D0%B9