Халыып:Бу күн:09-30
Тас көрүҥэ
- Тылбаас аан дойдутааҕы күнэ (Тылбаасчыттар аан дойдутааҕы федерациялара 1991 сыллаахха олохтообута).
- Рунет (нуучча тыллаах аан ситим) Интэриниэт күнүн бэлиэтиир. Бу күнү 1998 сыллаахха хас да IT-фирма көҕүлээн бэлиэтээбиттэрэ, онтон үгэс буолан хаалбыта. Маны таһынан муус устар 7 күнүгэр Рунет үөскээбит күнэ бэлиэтэнэр (бу күн 1994 сыллаахха .RU домен баар буолбута).
- Абхазия Өрөспүүбүлүкэтэ — Тутулуга суох буолуу күнэ[1].
- Ботсвана — Тутулуга суох буолуу күнэ.
- Казахстаан — Суут-сокуон (юстиция) үлэһиттэрин күнэ.
- Украина — Бүтүн Украинатааҕы бибилэтиэкэ күнэ.
- Украина — Оҕону ииттии күнэ.
Түбэлтэлэр
[биики-тиэкиһи уларытыы]- 1882 — АХШ Висконсин штатыгар электричествоны элбэх туһанааччыга тарҕатар бастакы гидроэлектростанция үлэтин саҕалаабыт. ГЭС кумааҕы собуотун, собуот хаһаайынын дьиэтин уонна ыаллыы турар дьиэлэри хааччыйар эбит.
- 1923 — Москубаҕа Бүтүн Арассыыйатааҕы тыа хаһаайыстыбатын I быыстапкатыгар Саха сирин павильона аһыллыбыт. Тэрийээччи Василий Никифоров-Күлүмнүүр тыл эппит. Онно 40-ча экспонаат кыттыбыт. Онтон сороҕо эһиилигэр Рим куоракка буолбут Аан дойдутааҕы быыстапкаҕа ыытыллыбыт.
- 1928 — Англия микробиолога Александр Флеминг пенициллины арыйбытын туһунан биллэрбит. Аан дойдуга антибиотик эрата саҕаламмыт.
- 1928 — «Правда» хаһыакка Николай Бухарин «Заметки экономиста» диэн Сталин экэниэмикэҕэ бэлиитикэтин кириитикэлиир ыстатыйата тахсыбыт.
- 1938 — Улуу Британия, Франция, Германия уонна Италия Мюнхеннааҕы сөбүлэҥ түһэрсибиттэр. Чехословакияҕа ньиэмэстэр олорор эрэгийиэннэрин, Судет сирин, Германия аннексиялаан ылыан сөп диэн сөбүлэспиттэр.
- 1941 — Москуба иһин кыргыһыы саҕаламмыт. Ньиэмэстэр «Тайфун» операция чэрчитинэн Москубаҕа кимэн киириини саҕалаабыттар.
- 1954 — АХШ бастакы атомнай уу аннынан сылдьар хараабылын үлэҕэ киллэрбит. Билигин маннык уу аннынан сылдьар ракеталаах хараабыллар Арассыыйа уонна АХШ ядернай күүстэрин биир сүрүн элэмиэнэ буолаллар.
- 1995 — Тува судаарыстыбаннай университета тэриллибит.
- 1999 — Арассыыйа сэбилэниилээх күүстэрэ Чечняҕа киирбиттэр. Бу иннинэ Басаев салайааччылаах боевиктар Дагестаҥҥа кимэн киирбиттэрэ, Арассыыйа авиацията Грознайы буомбалаабыта. Чечня иккис сэриитэ саҕаламмыта.
- 2015 — Арассыыйа сэриитин Сирияҕа киллэриитэ саҕаламмыт.
Төрөөбүттэр
[биики-тиэкиһи уларытыы]- 1917 — Пак Чон Хи — 1962-1979 сылларга Соҕуруу Кэриэйэ бэрэсидьиэнэ. Кини диктатордыы салайыытынан Соҕуруу Кэриэйэ балысхан сайдыыны ситиспитэ, быстар дьадаҥы олохтон төлө көппүтэ. Пак Чон Хи кэмигэр олоххо киирбит бырайыактар: суоллары тутуу, POSCO диэн баараҕай тимир уһаарар собуот, биэс сыллаах былааннар, «Саҥа дэриэбинэ» бырайыак.
- 1941 — Анастасия Мыреева — филология билимин дуоктара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ.
Өлбүттэр
[биики-тиэкиһи уларытыы]- 1626 — Айсиньгиоро Нурхачи — үс үйэ тухары Кытайы бас билэн олорбут маньчжур импиэрийэтин төрүттээччи. Маньчжурдар — эбэҥки тыллаах былыргы омук.
- 2012 — Федор Постников - Арчы Сүөдэр — суруйааччы, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Таатта улууһун сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.