Ядреев Иван Николаевич
Тас көрүҥэ
Ядреев Иван Николаевич | ||||
Төрөөбүт күнэ | ||||
---|---|---|---|---|
Төрөөбүт сирэ |
Бастакы Иэдэй нэһилиэгэ, Нам улууһа, Саха уобалаһа | |||
Сулууспалаабыт дойдута | ||||
Сэриилэр көрүҥнэрэ |
артиллерия | |||
Сулууспалаабыт сыллара |
1941—1945 | |||
Солото | ||||
Чааһа |
1336-с ЗАП | |||
Кыргыһыылар/сэриилэр | ||||
Наҕараадалара |
|
Ядреев Иван Николаевич — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР үтүөлээх зоотехнига.
1914 сыллаахха Бастакы Иэдэй нэһилиэгэр Нам улууһугар төрөөбүт[1]. Аармыйаҕа 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар Чурапчы оройуонун военкоматынан ыҥырыллыбыт. 1943 сыл олунньутуттан Хотугу-Арҕаа, Воронежскай, Бастакы Украинскай фроннарга сэрилэспит. Сэриигэ артиллерист-зенитчик, наводчик, батарея хамандыырын солбуйааччы. Ийэтигэр 1942 с. Читаттан, 1943 с. Полтавскай уобаластан Днепр кытылыттан, 1944 с. Польшаттан, 1945 с. Дрезден куораттан суруктара «Хотугу сулус» сурунаал 1985 сыл 5 №-гэр бэчээттэммиттэр[2].
Наҕараадалара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Аҕа дойду сэриитин II ст. уордьана (06.04.1985)[3]
- Кыһыл Сулус уордьана (08.05.1945)[4]
- «Бойобуой өҥөлөрүн иһин» мэтээл (05.11.1943)[5]
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Информация из учётной карточки награждённого в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ М. Г. Старостин. Өлбөөдүйбэт үйэ аҥаара. — Дь.: Бичик, 1995.
- ↑ Карточка награжденного в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»
- ↑ Наградные документы в электронном банке документов «Подвиг Народа»