Лобачевскай Николай Иванович
Никола́й Ива́нович Лобаче́вскай (сэтинньи 20 кунэ (ахсынньы 1 кунэ) 1792, Нижний Новгород — олунньу 12 (24) кунэ 1856, Казань) — нуучча математига, неевклидовой геометрия айааччыларыттан биирдэстэрэ, университетскай үөскэтии уонна народнай сырдатыы диэйэтэлэ. Биллиилээх английскай математик Уильям Клиффорд, Лобачевскайы «геометрия Копернига» диэн ааттаабыт.
Лобачевскай 40 сыл устата Императорскай Казанскай университетка учууталынан улэлээбит, ол үлээбит сылларыттан, 19 сыл ректор дуоһунаһынан салайа сылдьыбыт; кини көхтөөх уонна сатамньылаах салайыыта университеты российскай үөрэх заведениялартан инники миэстэлэргэ таһаарбыт. Н. П. Загоскина этиитинэн, Лобачевскай Казанскай университет «улахан тутааччыта» эбит.
Олоҕун олуктара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Николай Иванович Лобачевскай 1792 сыл сэтинньи 20 күнүгэр Нижний Новгород куоракка төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүттэр үс уол эбит, ол онтон кини иккис оҕо. 1802 сылга ийэтэ Прасковья Александровна, үс уолаттарын үһүөннэрин Казанскай гимназияга үөрэттэрэ биэрбит. Николай Лобачевский 1806 сыл бүтүүтэ гимназия оскуолатын бүтэрбит, сүрдээх үчүгэй билиитин көрдөрбүт, ордук математика уонна тыл өттүнэн — латинскай, немецкай, французскай. Үөрэҕин бутэрэн баран, 1807 сыл олунньу 14 кунугэр Казанскай университет үөрэҕэр киирбит.1811 сылга үөрэҕин бутэрэн, Лобачевскай үрдүк степеньнээх физика уонна математика магистрын аатын ылбан салгыы университетка үлэһитинэн хаалбыт. Лобачевскай научнай үлэтэ саҕаланар. 1811 сыл бүтүүтэ Николай Лобачевскай «Теория эллиптического движения небесных тел» диэн толкуйдааһынын көрдөрөр. Онтон 1813 сылга өссө биир үлэтин көрдөрөр — «О разрешении алгебраического уравнения x m − 1 = 0 {\displaystyle x^{m}-1=0} x^{m}-1=0». Научнай үлэтиттэн ураты Николай Лобачевскай учууталынан үлэлиир эбит — устудьуоннары үөрэтэр уонна үөрэҕэ суох чиновниктарга арифметика уонна геометрия туһунан туспа лекция ыытар эбит. 1814 сыл кулун тутар 26 күнүгэр 21-саастаах Лобачевский, Броннера уонна Бартельса ходатайство өттүттэн "адъюкант чистой математики" аатын ылбыт. Лобачевскай 1816 сыл от ыйын 7 күнүгэр Салтыков көҕүлээһининэн экстраординарнай профессор аатын ылбыт. 1819 сылга физико-математическай факультет декана буолар. 1824 сылга Николай Лобачевскай "орден св. Владимира IV степени" орденынан наҕараадыланар. Геометрия туһунан кинигэ оҥорбутун кини тыыннаагар таһаарбатах эбиттэр, онтон алгебра туьунан кинигэ суруйбутун 10 сыл буолан баран биирдэ эрэ таһаарбыттар. 1827 сылга ыам ыйын 3 күнүгэр университет ректорын аатын ылбыт. Үлэтин устата геометрия, тригонометрия, алгебра, теория вероятностей, механика, физика, астрономия уонна гидравлика анализтарын туһунан курс ыытар эбит, ону кытта өссө населенияга научно-популярнай лекциялары ааҕар эбит. Ол быыһыгар олоҕун сүрүн дьыалатын — неевклидовай геометрияны мөлтөөбөккө сайыннаран уонна чочуйан испит. Саҥа теориятын маҥнайгы тобура — доклад «Сжатое изложение начал геометрии» Лобачевскай 1826 сыл кулун тутар 11 (23) күнүгэр оҥорбут, бу күнү — неевклидовай геометрия үөскээбит кунэ дииллэр. 1836 сылга университеты ыраахтааҕы Николай I тиийэ сылдьыбыт, уонна Лобачевскайы "орден Анны II степени" диэн орденынан наҕараадылаабыт. 1838 сыл муус устар 29 күнүгэр «наука өттүнэн үтүөтүк сулууспалаабытынан», Н. И. Лобачевскайга дворянство уонна герб бэриллибит, тас суруга: "Щит пересечен". Ректордаабыт сылларыгар холера эпидемията күүскэ тарҕана сылдьыбыт, ону Лобачевский көмөтүнэн элбэх ыарыы сиэртибэтэ быыһаммыт. 1846 сыл атырдьах ыйын 16 күнүгэр провительсто министерствэтэ Лобачевскайы ректор аатыттан уонна бэйэтинкафедратыттан ууратыллыбыт. Салгыы Лобачевский дьадайан, олорор дьиэрин иэстэрин сабаары атыылыыр. Чугас дьоно араас ыарыыттан өлөн бэйэтэ эмиэ сыыйа-баайы мөлтуур. 1856 сылга олунньу 2 (24) күнүгэр куьаҕан буолар. Казань куоратка Арскай кладбищаҕа көмүллэр.
Наҕараадалара
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Н.И.Лобачевскай олоҕун устата сүрдээх элбэх наҕараадаларынан наҕараадаламмыт:
1818 — профессор буоларын быһыытынан чин надворного советника ылбыт.
1824 — "орден Святого Владимира" IV степенэ, чин "коллежского советника".
1831 — холера ыарыы утары үтүөтүк үлэлэспитигэр ыраахтааҕы аатыттан махтал уонна таастаах биһилэх биэрбит.
1833 — "орден Святого Станислава" III степенэ, чин "статского советника".
1836 — "орден Святой Анны" II степенэ, потомственного дворянин аатын ылыы (1838 сылга бэриллибит).
1838 — чин "действительного статского советника".
1841 — "заслуженного профессора по выслуге 25 лет" анал ааты ылыы.
1842 — Гаусс рекомендациятынан Гёттингенскай королевска научнай общество членын-корреспондентын аатын ылбыт.
1842 — "орден Святого Владимира" III степенэ.
1844 — "орден Святого Станислава" I степенэ.
1852 — "орден Святой Анны" I степенэ.
1855 — Московского университета сүүс сааһын туолуутугар почётным член аатын ылбыт уонна үрүҥ көмүс мэтээл ылбыт.
Научнай ситиһиилэрэ
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]1826 — "Сокращенное изложение начал геометрии";
1829–1830 — "О началах геометрии";
1835 — "Воображаемая геометрия";
1835–1838 — "Новое начало геометрии с полной теорией параллельных линий";
1885 — "Пангеометрия".
Атын ситиһиилэрэ:
- математическай анализ уонна алгебра сайдыытыгар кылаат киллэрбит;
- дифференцированнасть уонна непрерывнасть функциялар уратыыга билии киллэрбит;
- тригонометрическай рядтар теорияларыгар наадалаах түмүктэри ылбыт, Г-функция теорияларыгар;
- "Алгебра, или Исчисление конечных" диэн кинигэтигэр саҥа метод киллэрбит;
- "теория определителей" -диэҥҥэ наадалаах түмүктэри ылбыт.
Туьаныллыбыт сирдэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Википедия - свободное энциклопедия.
- univer.omsk.su - Лобачевскай туhунан сайт.
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|
- Бикипиэдьийэ:Биикилэниэхтээх ыстатыйалар
- Бикипиэдьийэ:Истиилэ көннөрүллүөхтээх ыстатыйалар
- Бикипиэдьийэ:Тылбаастаныахтаах ыстатыйалар
- Тыл сөпкө суруллуута, сыыһалара тургутуллуохтаах ыстатыйалар
- Дьон алпаабытынан
- Математиктар
- Сэтинньи 20 күнүгэр төрөөбүттэр
- 1792 сыллаахха төрөөбүттэр
- Олунньу 12 күнүгэр өлбүттэр
- 1856 сыллаахха өлбүттэр