Алтынньы 30
Тас көрүҥэ
Алтынньы 30 диэн Григориан халандаарыгар сыл 304-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 305-c күнэ). Сыл бүтүө 61 күн баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Арассыыйа — Бэлиитикэ репрессияларыттан эмсэҕэлээбиттэри кэриэстиир күн. Бу күнү ССРС урукку өрөспүүбүлүкэлэригэр эмиэ бэлиэтииллэр
- Арассыыйа — Инженер-механик күнэ
- Ииндийэ — Тевар Джаянти. Пасумпон Мутурамалинга Тевар диэн уопсастыбаннай диэйэтэл төрөөбүт күнүн (1908-1963) тевардарбыт диэн ааттанар, Тамил Наду диэн Ииндийэ соҕуруу өттүгэр баар сиртэн төрүттээх дьон бэлиэтииллэр. Официальнай бырааһынньык буолбатах эрээри, сорох оскуолалар, тэрилтэлэр өрүүллэр
- Ирландия, Канаада, Улуу Британия, АХШ уо.д.а. — Мэник түүнэ (ааҥл. Mischief Night), бу түүн обургу оҕолор эгэлгэ дьээбэни-хообону оҥороллор
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1696 — Байаар Дуумата Бүөтүр I көҕүлээһининэн Арассыыйаҕа сэбилэниилээх байыаннай флоту тэрийэр туһунан быһаарбыт.
- 1896 — Иркутскайдааҕы генерал-губернатор Александр Горемыкин уонна урбаанньыт Николай Глотов Өлүөнэ өрүһүгэр борокуоттары сырытыннарар туһунан бастакы самалык дуогабарга илии баттаабыттар. Бу сөбүлэһии быһыытынан 1897 сыллааҕы навигацияҕа Уус Куттан Саха сиригэр таһаҕас уонна дьон таһыытыгар хааһынаттан төлөбүр 50 737 солк. 50 харч. тахсыа суохтаах эбит.
- 1905 — Арассыыйа ыраахтааҕыта Николай II «Алтынньы 17 Манифеһыгар» илии баттаабыт. Арассыыйа омуктарыгар сүрүн гражданскай көҥүллэр бэриллибиттэрэ, дуума көҥүллэммитэ.
- 1938 — АХШ-га Герберт Уэльс «Аан дойдулар сэриилэрэ» диэн фантастика романын араадьыйаҕа ааҕыыта буолбут. Ааҕыыны дьиҥнээх репортаж курдук истииллээн оҥорбуттарыгар сорох истээччилэр итэҕэйбиттэр, паника тахсыбыт.
- 1941 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр АХШ бэрэсидьиэнэ Франклин Делано Рузвельт ленд-лиз быһыытынан кыттыгастыы дойдуларга 1 миллиард дуоллардаах көмө оҥорорго дьаһайбыт.
- 1961 — Аан дойду устуоруйатыгар саамай сүүнэ кыахтаах бомбаны ССРС дэлби тэптэрбит. 58-мегатонналаах водороднай бомба («Царь-бомба») Саҥа Сир арыытыгар дэлби тэптэриллибит. Санаттахха ол арыыга уруккуттан олохтоох дьураак (ненец) омуктары күүс өттүнэн көһөрөн кэбиспиттэрэ, билигин да төннө сатыыллар.
- 1973 — Туурсуйаҕа Истанбул куоратыгар бастакы Босфор күргэтин тутуута түмүктэммит. Күргэ систэрин арыта 1074 миэтэрэ.
- 1989 — Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин уурааҕынан Бүлүү улууһугар Баппаҕаайы нэһилиэгиттэн арахсан Лөкөчөөн нэһилиэгэ тэриллибит.
- 1995 — Канаадаҕа Квебек провинциятыгар тутулуга суох буолуу туһунан иккис референдум ааспыт. Куоластааччы 50,58% Канаада састаабыгар хаалар диэки буолбут, 49,42% туспа барабыт диэбиттэр, онон Квебек Канаадаҕа хаалбыт.
- 2006 — «Тулун — Братскай — Уус-Кут — Дьокуускай» массыына суола федерация бас билиитигэр бэриллэрин туһунан Госдуума дьокутаата Виталий Шуба Братскай куоракка биллэрбит. Бу быһаарыныы Саха Өрөспүүбүлүкэтэ «Алроса» акцияларын бакыатын федерация бас билиитигэр биэрбитин түмүгэр, дохуота аҕыйаан өрөспүүбүлүкэ бу суолу кыайан үбүлээбэт буолбутуттан сиэттэрэн ылыныллынна, — диэбит Виталий Шуба.
- 2014 — Швеция Палестинаны туспа судаарыстыба быһыытынан билиммит бастакы Европа Сойууһун чилиэнэ буолбут.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1883 — Дмитрий Никифоров - Дабайаанкы — «Саха саҥата» сурунаал бастакы эрэдээктэрэ, саха бастакы идэтийбит муосчута, ССРС худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ.
- 1960 — Диего Марадона — Аргентина футболиһа уонна тренерэ, аан дойду чөмпүйүөнэ (1986).
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1876 — Александр Чекановскай — көскө сылдьыбыт, Илин Сибиири чинчийбит геолог.
- 1934 — Алексей Иванов - Күндэ — XX үйэ саҥатыгар үлэлээбит саха биллиилээх суруйааччыта, литературоведа. Саха суругун-бичигин кэмитиэтин чилиэнэ.
- 2013 — Василий Алексеев — 1994—2006 сылларга Саха Өрөспүүбүлүкэтин айылҕатын харыстабылын миниистирэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ытык киһитэ.
|