Олунньу 8
Тас көрүҥэ
Олунньу 8 диэн Григориан халандаарыгар сыл 39-с күнэ. Сыл бүтүө 326 күн (ордук хонуктаах сылга 327 күн) баар.
Бэлиэ күннэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- Арассыыйа — Арассыыйа билимин күнэ
- Арассыыйа — Байыаннай топограф күнэ
- Ииндийэ — Ойох тахсарга тыл көтөҕүү күнэ. Тапталга билинэллэр, сибэкки бэлэхтииллэр
- Хотугу Кэриэйэ — Сэбилэниилээх күүстэр күннэрэ
- Словения — Прешерн күнэ (словенныы: Prešernov dan), толору аата "Прешерн күнэ, словеннар култуураларын бырааһынньыга" — Словения аатырбыт бэйиэтэ Франс Прешерн 1849 сыллаахха өлбүт күнүгэр судаарыстыба бэлиэтиир күнэ. 1991 сыллаахтан өрөбүл
- Илин Азия — Паринирвана, эбэтэр Нирвана күнэ, буддистар бэлиэтииллэр. Сорохтор бүгүн, сорохтор олунньу 15 күнүгэр бэлиэтииллэр. Бу күн үһүйээн быһыытынан Будда паринирванаҕа киирбит, ол эбэтэр этэ-сиинэ өлбүтүн кэннэ толору нирванаҕа
Түбэлтэлэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 421 — Констанций III Арҕаа Рим импиэрийэтин хос ыраахтааҕыта буолбут.
- 1238 — Монгуоллар нуучча куоратын Владимиры уоттаабыттар.
- 1250 — Сэттис кириэстээх бохуот: крестоносецтар Айюбидтар сэриилэрин кытта Аль-Мансур аттыгар кыргыспыттар.
- 1347 — Византия 1341–1347 сс. кырасдааныскай сэриитэ түмүктэнэн, Иоанн VI Кантакузен уонна Иоанн V Палеолог былааһы үллэстэргэ сөбүлэҥ түһэрсибиттэр.
- 1807 — икки күннээх кыргыһыы кэнниттэн Беннигсен баһылыктаах нууччалар уонна Л'Эсток баһылыктаах пруссактар Наполеон баһылыктаах боронтуустарга Эйлау аттыгар хотторбуттар.
- 1837 — Санкт-Петербург кытыытыгар нуучча улуу бэйиэтин Александр Пушкин уонна Жорж де Геккерн (Дантес) ыккардыларыгар дуэль буолбут. Дуэляннар бистэлиэтинэн ытыспыттар, түмүгэр Пушкин улаханнык бааһырбыт уонна икки хонон баран өлбүт.
- 1904 — Араҕас байҕал кытылыгар баар Порт-Артур (билигин Далянь куоратын сирэ) тас эриэйдигэр турар Арассыыйа эскээдэрэтигэр дьоппуоннар соһуччу саба түспүттэр. Арассыыйа-Дьоппуон сэриитэ саҕаламмыт.
- 1908 — Саха уобалаһын күбүрүнээтэрэ Иван Крафт Дьокуускайтан Верхоянскай уонна Халыма уокуруктарын көрө-истэ айаннаабыт. Кини бу айан түмүгүнэн Арассыыйа миниистиригэр Петр Столыпиҥҥа хоту олохтоохторун туһунан улахан оччуот суруйбута.
- 1918
- Владимир Ленин Совнарком ылыммыт халандаары уларытар туһунан дэкириэтигэр илии баттаабыт.
- Тибилиситээҕи үнүбүрсүөт олохтоммут — Грузия саамай кырдьаҕас үрдүк үөрэҕин кыһата.
- 1919 — РСФСР Совнаркомун «Кэми аан дойду систиэмэтинэн ааҕыы туһунан» дэкириэтэ тахсыбыт.
- 1921 — РСФСР норуодунастарын Коллегиятыгар Саха салаата аһыллыбыт.
- 1931 — Үөрүүлээх быһыыга-майгыга Ииндийэ саҥа киин куората Саҥа Дели аһыллыбыт.
- 1942 — Аан дойду иккис сэриитэ: Япония Сингапурга саба түспүт.
- 1945
- Аан дойду иккис сэриитэ: Британия уонна Канаада Рейн арҕаа кытылын ылар эпэрээһийэ саҕалаабыттар.
- Аан дойду иккис сэриитэ: Михаил Девятаев тоҕус сэбиэскэй билиэннэйдэри кытта Пенемюнде лааҕыртан "Хейнкель He 111" сөмүлүөтүнэн күрээбит.
- 1960 — Голливудка «Айхал аллеятыгар» бастакы 8 сулус олордуллубут.
- 1971 — Америкаҕа NASDAQ биирсэтигар атыы-эргиэн саҕаламмыт. Билигин бу биирсэҕэ үрдүкү технологиялаах хампаанньалар аахсыйалара атыыланаллар.
- 1977 — Бүтүн Сойуустааҕы эстэрээдэ артыыстарын күрэһигэр Бүөтүр Пестряков лауреат буолбут.
- 1984 — Эбэлээххэ Анаабыр сиригэр бастакы алмаас хостоммут.
- 1991 — "Туймаада Даймонд" аһаҕас аахсыйалаах уопсастыба тэриллэрин туһунан Саха ССР миниистирдэрин сэбиэтин 68№ уурааҕа тахсыбыт. Салайааччынан Георгий Яковлев анаммыт.
- 2002 — Солт-Лейк-Ситигэ XIX кыһыҥҥы алымпыйаада аһыллыбыт. Джордж Буш арыйбыт.
- 2019 — Южно-Сахалинскай куоракка бастакы кыһыҥҥы Аан дойдутааҕы "Азия оҕолоро" оонньуулар аһыллыбыттар.
Төрөөбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- 1834 — Дмитрий Менделеев — нуучча улуу учуонайа, аатырбыт хиимийэ элэмиэннэрин периодтаах таабылын оҥорбут хиимик.
- 1895 — Хорлогийн Чойбалсан — 1939—1952 сылларга Монголия салайааччыта (Миниистирдэр норуодунай сэбиэттэрин бэрэстээтэлэ).
- 1928 — Вячеслав Тихонов — киинэ артыыһа, ССРС норуодунай артыыһа.
- 1936 — Огдуо Аксенова — дулгаан бэйиэтэ, дулгаан литэрэтиирэтин төрүттээччитэ.
- 1964 — Герман Греф — Арассыыйа бэлиитигэ уонна баҥкыыра, 2007 сыллаахтан Сбербаан бырабылыанньатын бэрэстээтэлэ.
Өлбүттэр
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]
|