Амфибрахий
Тас көрүҥэ
Амфибрахий – хоhоон тутулугар үс сүhүөхтээх олук, кээмэй (стопа), ол ортоку сүhүөҕэр охсуулаах эбэтэр уhатыылаах. Античнай метрическэй системаҕа, былыргы гректэргэ, амфибрахий икки кытыы-сүhүөҕэ кылгас, ортокута уhатыылаах. Холобур, сахалыы «сандааран» диэн тыл курдук, ол схемата: «V – V»
П.А. Ойуунускай чопчу метрическай системаҕа сөп түбэhэр, иккилии олуктаах амфибрахий курдук куплеттар саха олоҥхотугар баалларын ыйар:
- Иэдээнин-куудааным,
- Эргиэним-урбааным.
- V – V V – V
- V – V V – V
Нуучча хоhоонугар, силлабо-тоническай системаҕа, амфибрахий орто сүhүөҕэ уhатыы оннугар охсуулаах, холобур, А.С. Пушкин «Былыт» («Туча») диэн хоhоонугар:
- Последняя туча рассеянной бури,
- Одна ты несешься по ясно лазури.
- ֊ / ֊ ֊ / ֊ ֊ / ֊ ֊ / ֊
- ֊ / ֊ ֊ / ֊ ֊ / ֊ ֊ / ֊
Сахалыыга, охсуулаах дорҕоон чуолкайдык иhиллибэт буолан, силлабо-тоническай система кээмэйэ характернайа суох, сөп түбэспэт.