Эбола вирустаах ыарыыта
Эбола вирустаах ыарыыта | ||
---|---|---|
1976 сыллаахха түһэриллибит хаартыска. Заирга Эбола вирустаах ыарыһах аттыгар икки сиэстирэ тураллар.hemorrhaging. | ||
МКБ-10 | A98.4 | |
МКБ-9 | 065.8 | |
DiseasesDB | 18043 | |
MedlinePlus | 001339 | |
eMedicine | med/626 | |
MeSH | D019142 |
Эбола вирустаах ыарыыта, Эбола геморрогическай лихорадката эбэтэр судургутук Эбола диэн дьоҥҥо уонна атын үүтүнэн иитээччилэр ыккардыларыгар тарҕанар ыарыы. Эбола вируһа ол ыарыыны ыҥырар. Сибикилэрэ - титирээһин, күөмэй ыарыыта, уҥуох анньыыта уонна төбө ыарыыта икки күнтэн үс нэдиэлэнэн тахсыан сөп. Ол кэнниттэн киһи хотуолуур, сыптарар, онтон быара уонна бүөрэ аккаастыыр. Ол бириэмэҕэ дьон иһигэр уонна таһыгар хаана тахсар буолар.[1] Киһи өлүүтэ сүнньүнэн 6-ттан 16-ыс күнүгэр дылы буолар хаан тиийбэтиттэн буолар.[2]
Эмтээһин
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Билигин Эбола утары эмтээһин суох, ол гынан баран ыарыйдахтарына быраастар уонна сиэстирэлэр түргэнник көмөлөстөхтөрүнэ тыыннаах хаалыахтарын сөп. Ыарыһах олус элбэх убаҕаһы иһиэхтэрин наада, тоҕо диэн сыптаралларыттан, хотуоттан уонна хааны сүтэрэллэриттэн олус элбэх ууну сүтэрллэр. Ол иһин регидрация ыытыллар - кыратык саахар уонна туус суураллыбыт уу бэриллэр. Эттэн сүппүт ууну оннук солбуйар курдук. Ону тэҥэ хаан баттааһынын көннөрөр эмтэри биэрэллэр.
Эбола тарҕаныытын тохтотооһун
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]Эбола утары вакцина билигин суох, ол гынан баран учуонайдар үлэ ыыта сылдьаллар.
Быһаарыылар
[уларыт | биики-тиэкиһи уларытыы]- ↑ Ebola virus disease Fact sheet N°103. World Health Organization (1 March 2014). Тургутулунна 12 Муус устар 2014.
- ↑ Ruzek, edited by Sunit K. Singh, Daniel (2014). Viral hemorrhagic fevers. Boca Raton: CRC Press, Taylor & Francis Group. p. 444. ISBN 9781439884294. http://books.google.ca/books?id=l5MtJdDhie0C&pg=PA444.